Оччо5о Альберт Унаров



Здесь можно прочитать текст песни Оччо5о - Альберт Унаров. Стихи и песня онлайн.

Автор: Альберт Унаров

Название песни: Оччо5о

Текст просмотрен: 12867


Другие песни исполнителя Альберт Унаров


Текст песни:

Арай эн олоххор ыарахан күн үүннүн
Сирдэтэр халлааҥҥар хараҥа түүн буоллун
Ол онно эн санаар мин ыраас тапталбын
Эйиэхэ анаабыт мин истиҥ тылларбын

Арай эн олоҕуҥ нус бааччы уhуннун
Кыhалҕа биир кэмник эйигин тумуннун
Ол онно эн миигин дэн санаан аhараар
Олоҕу сыаналыыр дьоҕурбун күүhүрдэ

Оччоҕо мин тыгыам уот сулус буоламмын
Мунаарбыт эн суолгар иннигин сирдээммин
Эрэли күөдьүтэн санааҕын саймаардыам
Эрэйгин чэпчэтэн эйиэхэ күүс биэриэм

Арай эн олоххор дьол эрэ тосхойдун
Өрөгөй үөрүүтэ сүрэххин толордун
Ол онно эн миигин кыратык да санаар
Күүс биэрбит тапталбар истиҥник махтанаар

Оччоҕо мин тыгыам уот сулус буоламмын
Мунаарбыт эн суолгар иннигин сирдээммин
Эрэли күөдьүтэн санааҕын саймаардыам
Эрэйгин чэпчэтэн эйиэхэ күүс биэриэм

Мин ыраас тапталым

Оччо5о Альберт Унаров

Возможно, вам понравятся также:

Комментарии:

Добавить комментарий